Күн анныгар сылаанньыйбытым,
Кулунчук курдук күөлэһийбитим,
Күөх сайыҥҥа үөрэммин,
Былыттары атаарбытым,
Үүнээйигэ уу куппутум,
Сыыс ыраастаабытым,
Тоноҕоччу көтөрүн одуулаан
Өр да өр санаабар ыллаабытым,
Халдьаайы үрдүгэр тахсан,
Сылаас окко сытан,
Үрдүк халлааны манаабытым,
Чыычаахтар, көтөрдөр тыастарыттан
Дууһалыын, доҕоттор,
Сынньаммытым.
Уонна кэлэн,
Туох диэн кэмсэниэхпиний?
Олорорбун – олорбутум!
Олохтон дуоһуйбутум!
***
Олох – үөрүү.
Олох – ыарыы.
Тугу эрэ көһүтүү.
Уонна өрүү, өрүү,
Өрүү, өрүү
Биир баҕа санаа:
Куотуу буолбатах. -
Көтүү.
Кыра оҕону көрүү.
Тапталы талан охсуһуу.
Баҕар баара буолуо