Тимир тимири тулуппат,
Таас тааска наадыйбат.
Эр киһи күүһэ атын даҕаны.
Туспа.
Күүтэҕин, көрдүүгүн киниттэн хорсун быһыыны,
Көмүскэли.
Уонна булаҕын.
***
Биир эмит наҕыл түүн -
Киирэр хоспор дьикти түүл.
Уол оҕото – кэрэтиээн!
Күүһэ-уоҕа! Сэниэтин!
Эр киһи да дьүһүнэ
хараҕы сымнатар,
Имэҥ чугаһаатар чугаһаан,
Куту-сүрү долгутар.
Чуумпутук одуулуур -
Имэрийэр.
Сүрэх ис иһиттэн
Сылаанньыйар, минньийэр.
Ити сирдээҕи таптал -
Буолбатах.
Ол эрэн,
Сүрэли саататар аналлаах.
***
Үөҕүллүбүт. -
Тупсаҕай.
Билбэтэхтэр -
Элбэхтэр.
Быһа ыксаан -