Доҕордоһуу.
Киһи тыынан эрэ хаалар:
"Һуу!"
Тохтоон ыл эрэ -
Оргуйуу.
Сири кытта халлааны
Бутуйуу.
Күүтэр эйиигин уоскуйуу
Ханна эрэ.. манна буолбатах.
Тулуйууй.
Мин билэбин биири:
Үлүһүйүү.
Туланы одуулаан
Дьүһүйүү.
Кэрэхсии көрөн
Умсугуйуу.
Олохтон ылбыт киһи:
Дуоһуйуу
***
Таһырдьа таҕыстым.
Бэҕэһээ айылҕаҕа тапталга билиммитим.
Бүгүн кини миэхэ хардарбыттыы,
Үөһээттэн хаар ыытан кыыдамныыр.
Сүрэҕим сылаастык ууллар.
Сир-дойду миигин өйдөөбүт курдук.
Туоххаһыйдаххына,
Истиҥ, саҥата суох доҕор.
Баҕар, киһитээҕэр ордук өйүө
Мунчаарбыт, кыламмыт күннэргэр.
***