Кыыһырбакка,
Кыйыттыбакка
Олоруохха.
Бу толкуйга кэллэххинэ,
Баҕар,
Тугу эмит
удумаҕалаппыт
Курдук сананыан.
Буоллаҕа дии,
Таһыттан бэйэҕин көрбүттүү.
Киһи кыйаханарын – кыйаханар.
Бардьыгыныырын – бардьыгыныыр.
Орулуурун – орулуур.
Ырдьыгыныырын – ырдьыгыныыр.
Баллыгырыырын – баллыгырыыр.
Кыратык олоро түһэн
кыбыстыахха,
Бэйэни сиэн
сэнэниэххэ,
кэлэйиэххэ,
хомойуохха,
чуумпуруохха,
Ырааҕынан эргитэн,
Буолар-буолбаты
ырытан
Өрө тыыныахха,
Санаарҕыахха,
Мунчаарыахха.
Мөлтөх да эбиппин! – диэн
Уһуну-киэни толкуйдуохха,