Үөрүүттэн-көтүүттэн тэйэн,
Арыый бэйэни
албынныыры
тохтотуохха,
Бэттэх кэлэн.
Хайдах да буоллун,
Кэмсиммитин да иһин -
Олоруохха.
Сааккын-сууккун сиргэ көмпөккүн,
Өрбөҕү курдук сууйбаккын,
Төһө да сиилэмиттин иһин,
Ардах курдук кумахха
сиидэлэмэккин.
Акаары да эбиппин – диэн,
Анараа дойдуга чэпчэкэтик
айаннаабаккын.
Дьаһына да сатаатахха -
Табыллыбаккын.
Эҕэлээҕин -
Кыһаллыма!
Барыта бэйэбэр ананар.
Биир күн дуоспуруннаахтык
муннун халлааҥҥа анньар.
Биир күн көтө-көтө аллараа элээрэр.
Ону-маны туойан уоскуйуохха.
Баҕар, куолулуохха,
Баҕар, лахсыйыахха.
Киһи итэҕэстэрэ,
Сыыһалара,
Алҕастара -