Сыыһаттан сыыһа үөскүүр,
Алҕастар эбиллэн үксүүллэр.
Хайдах, туох буолуохтааҕын
Түөкүннээн эрэ куолулуубут.
Ол түһээн көрбүппүт ду?
Орто кээмэйтэн халыйбат дойдуну.
Биитэр толоро сатыыбыт
Туората суох моһуону.
Эбэтэр батараары сорунабыт бүтэйдии буолбуту.
***
Куттаммат.
Алдьаммыт сиэркилэ5э чугаьаан,
Уоскуйбут сирэйин одуулаан,
Тарбахтарын тебетунэн
Хампы барбыты таарыйан.
Атын эбитэ буоллар.
Ону атын буолбатах.
Ким эрэ тулуйбатах…
Ецейен турар бу харах.
Оло5ун кинигэтин арыйан.
Тыалга тэлэбириир тацаьа,
Истигэнэ суох батта5а,
Мантан барыан ба5арар бада5а,
Да ону истибэт ата5а.
Онон дейен турда5а
Кулугуттэн кылбаарыйан.
Мин кинини ейдуубун.
Ол эрэн.
Бу сиргэ дьон куолутугар
Бук эрэн.