Күн сардаҥатын иҥэриэ,
Эргиччи кустугу ыһан:
Билбиккин-көрбүккүн – таай!
Көрбөтөххун-истибэтэххин – ай!
Миэхэҕэ илиигин уунан,
Итэҕэл үөскээтэ сүрэхпэр.
Тапталы көрсүбүт иэйиибэр,
Махтал дьоммор-сэргэбэр,
Тулалыыр эйгэбэр.
Таммахтар,
Дууһабын сырдатаҕыт. -
Сарсыҥҥы күммүт үүнүө!
Эрэли бэлэхтээбит -
Дьиримниир,
Алмаас Уу оҕуруо.
Таммахтар,
Арыаллыы аргыстаһан -
Күүтэр өссө уһун айан.
Кэрэни кэрэхсээтим
Инникигэ хардыылаан,
Дабайан.
Таммахтарга анабыл
***
Киһи буолар – диэн дьол!
Киһи буолар – үчүгэйиэн!
Бу баар – күннээх суол!
Бу баар – сырдык иэйии!
Түүнү ааһан сарсыарда уһуктуу,
Хаар анныттан ньургуһун быгара,
Хомолтону туораабыт үөрүү,