Букунайар кымырдаҕас -
Туспа таптал алыптаах.
Биһиги да кырдьыахпыт,
Киһи күннээх, балык ыамнаах.
Хор, сөпкө да эппитиҥ:
Биирдэ да мичээрдээн ылбатах таас сирэйдээхтэри,
Киһи аһынар эрэ кыахтаах.
Поэт быһыытынан
Мунчааран ылар да кэмнэргэр,
Оптимист буоларгын ыһыктыбаккын.
Ордук кэрэни айхаллыыргын умнубаккын,
Мэлдьи кырдьыкка тардыһаҕын.
Эргэрбит хаһыат илиистэрэ:
Сонун. Санаа. Ыралар.
Бэҕэһээ дьон хараҕа интернетка иилистэрэ.
Бүгүн. Баҕар. Биирдэ эмит.
Биһиги да иннибитигэр ыраас кумааҕы баар.
Иван Брызгалов 90 сылыгар
***
Таммахтар
Ардах кэннэ
Күөх окко күлүмнүүр,
Күлүмүрдүүр,
Ып-ыраас,
Хараҕы үөрдэр,
Бытархай эрэ – олус кэрэ!
Улахан Уу оҕото – Таммах!
Тарбахтаргын киэргэтиэ,
Күндү таастааҕар кылабачыгас -
Арылхай!