Сүрэх ыарыттан – өрөгөй ырыаҕа.
Киһи буолар – бу дьолун!
Киһилии олоххо үктэнэн,
Аҥардас тыынаргар – махтал!
Аҥардас бааргар – тускул!
***
Хомойуу. Сонньуйуу…
Бырааһынньыктар кэмигэр ити өссө эбии кыһыылаах.
Тула өттүгэр үөрүү. Көтүү.
Арай эн искэр: мунчаарбыт бөрө улуйар.
Ити кыыһыра олорон,
Хоьоон бөҕө тыбыгыраттым.
Уоскуйа сатаан,
Санаарҕабылы "өлөрөн",
Эккирээн ыллым даҕаны,
Хаһыытаан ыллаатым.
Сүрэлбэр үөгүлүүбүн,
Суһуохпун үргүүбүн.
Хайдах да буоллун,
Үҥкүллүүбүн.
Онтон сытан чуумпурабын,
Сылайан-элэйэн сылаанньыйабын.
Дьон түбүгүрэр түбүктэрин өйдөөбөппүн.
Кутум биһигэр саһан бээйдэнэн манньыйабын
***
Булгуччулаах
Билиэхтээх үрдүнэн билбэт баар,
Ирдиир үрдүнэн ирдэммэтэх саһар.
Көрдүүбүт олохтон сөптөөҕү.
Арай булан ылбыппыт – өрдөөҕү.