Санаа5ын сыллыппата5ым.
Ейдебулгэр да хаалбата5ым.
Таах…
Кураанахха эрэ
Харбыалаахтабытым.
Эн да мин туспар кыьаллыбата5ын.
Биир курус киэьээ ахтыбата5ын.
Хайдах олорорбун билбэтэ5ин.
Букатын
Туохпар да итэ5эйбэтэ5ин.
Дьэ, буолар эбит олоххо олуона:
Тапталтан киэр хайыспыт келуенэ.
Тугу да уескэппэт керсуьуу.
Таах…
Буолар буолбаты кеьутуу
***
Биьиги
Сааьыра барбыт дьон
Учугэйи эрэ саба5алыыбыт,
Сырдыкка эрэ тардыьабыт.
Кэнникибит -
Уьаан иьэр,
Инникибит -
Кылгаан истэ5э.
Ол иьин, ба5ар,
Талаьыы баар буолла
Куускэтик
Эйэ5э,
Кэрэ5э.
Таптал еруьунэн