Саьар5а ерус устун устар,
Халлааны оргууй а5ай кытарта.
Уьуктан мичээрдииллэр хатыцнар,
Солко куех суьуохтарын ыьаннар,
Суугунуур тыалга нарын ытар5алар,
Кулумурдууллэр окко уруц кемус таммахтар.
Куруе таьынан
Хойуутук ууммут эрбэьин
Симэммит дьэцкир таас сабыынан,
Аа-дьуо салгыцца далбаатыы турар,
Утуе сарсыарданы ба5арар.
Вольный перевод
стихотворения
Сергея Есенина
"С добрым утром!"
***
Эр киһи күүһэ ураты даҕаны.
Олох ону утарбат.
Аҥардас илиитин оҥоһуута -
Кыайарга-хоторго аналлаах.
Кыыс оҕо буолан аттыгар да тур.
"Тэҥнээхпит", – диир син биир сатаммат.
Уол үөһэ, халлааҥҥа салааларын ыыппыт
Үрдүк чыпчаалларын,
Кыыс хантайан да көрдөр,
Ситэн ылан дабайбат.
Баар эрэ биир ирдэбил:
Ити айылҕаны утарбат.
Дьахтар күүһэ – сылаас уу:
Муус мууһу уулларбат,