Сиэмэх быьыыны.
Быыьыа5а, ба5ар,
Миигин да5аны
***
Таптыахпын да куттанабын
"Таптыахпын да куттанабын"
Букатын ейбуттэн тахсан
Сиэн кэбиьиэм этэ.
Илдьэ тутан
Быьата тыытан
"Миэнэ"
"Уонна кимиэнэ да буолбатах"
Диэн баран
Испэр укта сылдьыам этэ.
Ону баара
Сурэх тэппэт
Итинник санаалартан
Киьи сиэринэн
Дьон быыьыгар
Таптал – нарын
Сыьыан – на5ыл
Туох да олуона
Хамсааьына суох.
Уйэ тухары
Ыбылы кууьан баран
Ким да кими да кытта
Сыппат
Куускэтик уостан ууран ылан
Уйэ тухары уураспат.
Еле-еле тыллар сибэкки