Туурбалар,
Антенналар,
Кабелляр устунан,
Кырыыьаттан кырыыьа5а ыстанар
Уолу кердуубун.
Уонна соро5ор булабын.
Ый уотугар
Утуйа сытан
Туннук да нецуе
Сетуелээн,
Ба5ар сарсын
Саца киьи буолан
Уьуктарын буолуо.
Ыга кууьан, хам тутан
Ыларын ылан,
Ылыахтаа5ын
Ылара буолуо.
***
Халлаацца медуза олорор.
Суох. Атын да кыыллар бааллар.
Ол быыьыгар кини оргууй а5ай устар.
Кестер. Кестубэт.
Уйэ тухары айанныыр.
Португальскай кораблик дуу,
Дьэцкир бэйэтэ
Былыкка иилистэн,
Уп-уьун суьуохтарын
Сиргэ туьэрэр.
Ону биьиги,
Кулуулээх дьон,