Баар орон тэцнээьинэ.
Тьфу-си!
Ол гынан баран,
Ханна ба5арар курдук,
Дайыа5а
Тапталы билбит
Сурэх илбиьэ.
***
Субу туолаары турар ый,
Кыбыста5ын да5аны,
Симик бэйэн сири одуулан,
Ол быыьыгар
Харса суох туескун анньынан,
Арацас, саьархай, кемус -
Кимиэхэ да маарыннаабат дьуьуццун,
Сиэдэрэйдик бэлэхтиигин
Кимиэхэ ба5арар.
Ама миэхэ эрэ буолуо дуо,
Ити аптаах сырдыгын
Сурэ5и сымнатар,
Ардыгар долгутан
Халбацнатан,
Сибэккини курдук
Куннээ5и,
Тууннээ5и олоххуттан
Туура тардан ылар.
Мин дьиэлэр урдулэринэн дьаарбайар,
Со5отох киэьээцци халлаацца чуцкуйан,
Чуумпуран,
Сацата суох,