Туох да уердубэт буолар.
Эн миэхэ – туора5ын.
Онон чэпчэки былыкка
Уста сырыт.
Киьи ордук хараастар
Чугас истиц сыьыантан.
Хомойума.
Ииримэ.
Дьулайыма.
Илиигин имэрийиэм.
Акаары тылы баалама – диэн.
Туора киьи туораттан
Кердеьуем.
***
Киьи сатаабата5а диэн суох.
Соро5ор, кыьал5аттан да сатыыгын,
Ардыгар, сымыйанан сатаабыта буола5ын.
"Сатаабаппын", – диэн киэн туттума,
Киэбиримэ,
Улэттэн,
Иэскиттэн куотума.
Дьэ, эмиэ да керудьуес тыллар.
Куустээх буола сатаары.
Сэниэ тэптэрэн,
Тутулуктаах буолан хаалаары.
Киьи сатаабата диэн..
Сиргэ то5у туьэр курулас ардах
Таммахтарын биллибэт ахсаана.
Куьуццу харацца халлаацца
Кылабычыйар сулустар