Куустээх буола сатыыр
Улахан дьон быыстарыгар
Кулуу гыммыт хартыына,
Бытаарбыт массыына,
Иьит таьынан тохтубут уу,
Биитэр кини кураанах дуу.
"Киьи бэйэтин хаьан да сэнэниэ суохтаах"
Кытаат!
Кытаччы кер!
Гамбатте!
Ити тыл тиийиэхтээ5ин тиийэр.
Туолбатынан судургу
***
Итинник кытаанах тымныы тыллар
Дууьа5ын инчэ5эй ербе5унэн сырбаталыыллар?..
Уоскуйбут бэйэ5ин
Хомотон
Ниэрбэ5ин барыыллар?..
Оччо5о..
Хомойума.
Умнан кэбис.
Итинник олох кырдьыга
Мин да уеруубун дьеле сиэбитэ.
Киьи тыла – амырыын.
Киьи иьин тугэ5э -
Баранан буппэт
Ыар санаа хорооно.
Ол иьин баттах маххайар,
Ол иьин итэ5эл сутэр,
Ол иьин харах уота умуллан,